-
|Filipenses 4:1| Онон, ахтылҕаннаах таптыыр бырааттарым, үрдүк үөрүүм, кыайыым мэнньиэһэ, Айыы Тойоннуун биир буолан бу курдук туруулаһыҥ дуу, таптыыр доҕотторуом!
-
-
-
|Filipenses 4:2| Еводияттан көрдөһөбүн, Синтихияттан көрдөһөбүн: Айыы Тойон туһугар биир санааланыҥ.
-
-
-
|Filipenses 4:3| Итиэннэ, Айыы Тойоҥҥо бииргэ үлэлиир истиҥ быраатым, эйигиттэн эмиэ көрдөһөбүн: бука диэн кинилэргэ иккиэннэригэр көмөлөс. Кинилэр эмиэ миигин, Климены уонна да атын, олох кинигэтигэр ааттаммыт дьону кытта Евангелие туһугар сыраларын биэрэн туран үлэлээбиттэрэ.
-
-
-
|Filipenses 4:4| Айыы Тойоннуун биир буолбут олоххутугар өрүүтүн үөрэ сылдьыҥ, өссө төгүл этэбин: үөрүҥ-көтүҥ.
-
-
-
|Filipenses 4:5| Эһиги көрсүө майгыгытын бука бары биллиннэр. Айыы Тойон кэлэрэ чугаһаата.
-
-
-
|Filipenses 4:6| Туох да санаатыгар ылларымаҥ, үҥэргитигэр бары кыһалҕаҕытын барытын махталы кытта Таҥараҕа арыйан биэриҥ;
-
-
-
|Filipenses 4:7| оччоҕо Таҥара хайа да бэйэлээх өй ситэн өйдөөбөт эйэтин эһиэхэ биэрэн, эһиги сүрэххитин, өйгүтүн-санааҕытын Христос Иисустуун биир гынан араҥаччылыаҕа.
-
-
-
|Filipenses 4:8| Онон, бырааттарыам, тугу дьиҥнээх, чиэһинэй, үтүө, ыраас, кэрэ, биһирэбиллээх диэбиккитин эрэ саныыр буолуҥ.
-
-
-
|Filipenses 4:9| Миигиттэн туохха үөрэммиккитин, тугу ылыммыккытын, көрбүккүтүн-истибиккитин – ону тутуһан олоруҥ, оччоҕо эйэ-ил Таҥарата эһигини кытары бииргэ буолуоҕа.
-
-
-
|Filipenses 4:10| Эһиги миэхэ хайыы-үйэ хат кыһаллан-мүһэллэн эрэргититтэн мин Айыы Тойон иннигэр үөрэбин эрэ. Урут даҕаны эһиги миэхэ кыһалларгыт, тоҕоостоох түгэҥҥит эрэ көстө илигэ.
-
-
Portugués
Italiano
Español
Inglés
Francés
Arábica
Mandarín
Hindi
Alemán
САҤА КЭС ТЫЛ
