Filipenses

  • Leer por capítulos:
    1 2 3 4

  • |Filipenses 4:11| Кыһалҕаҕа ылларан маннык этэр дии санаамаҥ – мин кыранан да дуоһуйарга үөрэммиппин.

  • |Filipenses 4:12| Кырыымчык да, дэлэгэй да олоҕу билэммин, ханна даҕаны, хаһан даҕаны буоллун – тоторго, аччыктыырга, дэлэйдик олорорго, тиийиммэт буоларга – барытыгар үөрүйэхпин.

  • |Filipenses 4:13| Миигин бөҕөргөтөр Иисус Христос көмөтүнэн #448 мин тугу баҕарар тулуйар кыахтаахпын.

  • |Filipenses 4:14| Ол да буоллар, эрэйбин үллэстибиккит олус үчүгэй.

  • |Filipenses 4:15| Филиппытааҕы доҕотторуом, эһиги бэйэҕит билэҕит: мин Евангелиены биллэрэр сулууспабын саҕалаары Македонияттан тахсыбыппар, эһигиттэн ураты биир даҕаны церковь миэхэ ылсан-бэрсэн көмөлөспөтөҕө;

  • |Filipenses 4:16| оттон эһиги бэл Фессалоникаҕа кытта (биирдэ эрэ буолбатах) кыһалҕабын толуйан миэхэ көмө ыыппыккыт.

  • |Filipenses 4:17| Бу эрэйэн этэр буолбатахпын, эһиэхэ үтүөнү эргитэр туһалаах суолу тобулан этэбин.

  • |Filipenses 4:18| Барытын тутан биирдэ дэлэйэ түстүм. Епафродитынан ыыппыккытын туттум, онон аны билигин тугунан да тутайбаппын. Эһиги миэхэ көмөҕүт – сайар илгэ сыттаах бэлэх, Таҥара сөбүлүүр, астынар сиэртибэтэ.

  • |Filipenses 4:19| Таҥарам эһиги туох баар кыһалҕаҕытын барытын Бэйэтин килбиэннээх баайыттан ылан Христос Иисуһунан ситэрэн-толорон биэриэхтин #449 .

  • |Filipenses 4:20| Таҥараҕа – биһиги Аҕабытыгар – үйэттэн үйэлэр тухары албан аат! Аминь.


COOKIES

Usamos cookies para brindarle una mejor experiencia, mejorar el rendimiento, analizar cómo interactúa en nuestro sitio web y personalizar el contenido. Al utilizar este sitio web, acepta el uso de cookies.

Datos Esenciales

Se necesitan datos esenciales para ejecutar el sitio web que está visitando. No puede deshabilitarlos.