-
|Colossenses 4:1| Тойоттор, эһиги халлааҥҥа Тойоннооххутун билэ сылдьан, кулуттаргытыгар эмиэ сиэрдээхтик, кырдьыктаахтык сыһыаннаһыҥ.
-
-
-
|Colossenses 4:2| Үҥэргитигэр өрүү махтанан туран, тиһигин быспакка сэргэхтик үҥэр буолуҥ.
-
-
-
|Colossenses 4:3| Христос кистэлэҥин бар дьоҥҥо иһитиннэрэр кыахтанарбытыгар, этэр тылбытыгар Таҥара ааны тэлэччи аһан биэрэрин көрдөһөн, биһиги туспутугар эмиэ үҥэ сылдьыҥ. Бу туһугар үлэлээбитим-хамнаабытым иһин, мин билигин хаайыллан сытабын;
-
-
-
|Colossenses 4:4| онон бу кистэлэҥи, Таҥара тыла хайдах иһитиннэриллиэхтээҕин курдук, арыйарым туһугар, үҥэ-көрдөһө сылдьыҥ.
-
-
-
|Colossenses 4:5| Итэҕэйбэт дьоҥҥо муударайдык, тоҕоостоох түгэни табатык туһанан сыһыаннаһыҥ.
-
-
-
|Colossenses 4:6| Хас биирдии киһиэхэ хайдах хоруйдууру билэр туһугар, этэр тылгыт өрүүтүн ис киирбэх, бэргэн буоллун.
-
-
-
|Colossenses 4:7| Эһиэхэ мин туспунан барытын таптыыр бырааппыт, эрэллээх үлэһиппит, Айыы Тойоҥҥо бииргэ сулууспалыыр доҕорбут Тихик кэпсиэҕэ.
-
-
-
|Colossenses 4:8| Эһиги хайдах быһыыга-майгыга олороргутун тиийэн биллин #459, санааҕытын көтөхтүн диэн, кинини эһиэхэ ыытан эрэбин.
-
-
-
|Colossenses 4:9| Эһигиттэн кэлэ сылдьар таптыыр бырааппытын эрэллээх Онисимы кинини кытта бииргэ ыытабын. Маннааҕыны барытын эһиэхэ кинилэр кэпсиэхтэрэ.
-
-
-
|Colossenses 4:10| Миигин кытары бииргэ хааллан сытар Аристарх эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар; Варнава сиэн быраата Марк эмиэ эһигини эҕэрдэлиир (кини туһунан эһиэхэ дьаһал тиийэн турар; эһиэхэ кэллэҕинэ, үчүгэйдик көрсөөрүҥ).
-
-
Portugués
Italiano
Español
Inglés
Francés
Arábica
Mandarín
Hindi
Alemán
САҤА КЭС ТЫЛ
