• Leer por capítulos:
    1 2 3 4

  • |Colossenses 3:1| Онон өскөтүн эһиги, Христоһу кытта бииргэ тиллибит буоллаххытына, үрдүккэ – Таҥара уҥа өттүгэр олорор Христос Халлааныгар – дьулуһуҥ;

  • |Colossenses 3:2| өйгүт-санааҕыт сирдээҕигэ буолбакка, үөһээҥҥигэ туһуланнын.

  • |Colossenses 3:3| Эһиги өлбүккүт, онон олорор олоххут эмиэ Кинини кытары бииргэ Таҥараҕа кистэммитэ.

  • |Colossenses 3:4| Эһиги олоххут – Христос – көһүннэҕинэ, эһиги эмиэ Кинини кытта бииргэ килбиэннээх сырдыкка көстүөххүт.

  • |Colossenses 3:5| Онон, сирдээҕи аньыылаах өрүттэргитин: содур, кирдээх быһыыны, бары имэҥи-кыдьыгы, куһаҕан баҕа санааны уонна идэмэрдээх буолууну (ол эмэгэккэ сүгүрүйүүгэ холоонноох) – барытын өһөрүҥ.

  • |Colossenses 3:6| Итинниги тутуһан олорор бас бэриммэт дьоҥҥо Таҥара уора-кылына түһүөҕэ.

  • |Colossenses 3:7| Хаһааҥҥыта эрэ эһиги эмиэ кинилэр курдук олорор эрдэххитинэ, итинтэн туох да атына суох быһыыланаргыт.

  • |Colossenses 3:8| Оттон билигин барытын: киҥи-наары, кырыгы, өһүөннээх санааны, үөхсүүнү, быдьар тыллаһыыны хааллараҥҥыт,

  • |Colossenses 3:9| эргэ киһи киэбин бары кэмэлдьилэри-быһыылары устан быраҕаҥҥыт, бэйэ-бэйэҕитигэр сымыйалаабакка,

  • |Colossenses 3:10| Айбытын уобараһыгар улам маарыннаан, күнтэн күн саҥардыллан, Таҥараны улам билэн иһэр саҥа киһи буолуҥ.


COOKIES

Usamos cookies para brindarle una mejor experiencia, mejorar el rendimiento, analizar cómo interactúa en nuestro sitio web y personalizar el contenido. Al utilizar este sitio web, acepta el uso de cookies.

Datos Esenciales

Se necesitan datos esenciales para ejecutar el sitio web que está visitando. No puede deshabilitarlos.