-
|Filemón 1:1| Бииргэ сулууспалыыр күндү доҕорбутугар Филимоҥҥа таптыыр #486 балтыбытыгар Апфияҕа биир кэккэҕэ туруулаһар бырааппытыгар Архипка уонна эн дьиэҕэр түмсэр церковка бука барыгытыгар – Иисус Христос хаайыылааҕа #487 Павелтан уонна бырааккытыттан Тимофейтан.
-
-
-
|Filemón 1:2|
-
-
-
|Filemón 1:3| Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!
-
-
-
|Filemón 1:4| Быраатым Филимон эн Айыы Тойон Иисуска итэҕэлгин бары сибэтиэйдэргэ #488 тапталгын истэммин өрүү эйигин өйдөөн-санаан туран үҥэрбэр Таҥарабар махтанабын;
-
-
-
|Filemón 1:5|
-
-
-
|Filemón 1:6| эһиги Христос Иисуһу итэҕэйэн тиксэр бары үтүөҕүтүн дириҥник өйдүүргүтүгэр биһигинниин биир итэҕэлиҥ көмөлөөх буоллун диэн, эн тускар үҥэбин.
-
-
-
|Filemón 1:7| Бырааппыт, эн амарах тапталыҥ сибэтиэйдэр сүрэхтэрин көнньүөрдүбүтүн көрөн, биһиги муҥура суох үөрдүбүт, санаабыт көтөҕүлүннэ.
-
-
-
|Filemón 1:8| Дьэ онон, Христоска биир итэҕэллээх быраатым буоларыҥ быһыытынан, миэхэ маннык иэстээххин-күүстээххин диэн харса суох соруйуохпун сөп этэ гынан баран,
-
-
-
|Filemón 1:9| эйигин таптыыр буоламмын, көрдөһөрбүн ордоробун. Ким да буолбатах, мин, Павел кырдьаҕас, оттон билигин Иисус Христос хаайыылааҕа,
-
-
-
|Filemón 1:10| бу түрмэҕэ сытар кэммэр миэхэ уолум буолбут Онисим #489 туһугар эйигиттэн көрдөһөбүн:
-
-
Portugués
Italiano
Español
Inglés
Francés
Arábica
Mandarín
Hindi
Alemán
САҤА КЭС ТЫЛ
