-
|Efesios 5:1| Онон Таҥара тапталлаах оҕолоро буоларгыт быһыытынан, Киниэхэ маарынныырга кыһаллыҥ.
-
-
-
|Efesios 5:2| Христос биһигини таптаан, биһиги туспутугар Бэйэтин сайа илгийэр кэрэ бэлэх, Таҥараҕа сөбүлэтэр сиэртибэ быһыытынан биэрбитин курдук, эһиги эмиэ тапталынан салайтаран олоруҥ.
-
-
-
|Efesios 5:3| Сибэтиэй дьон сиэринэн эһиэхэ ханнык да кирдээх, содур быһыы-майгы, иҥсэ-обот буолуу ахтыллыа да суохтаах.
-
-
-
|Efesios 5:4| Быдьар тыл-өс, кураанах куолу, сүөргү күлүү-салыы эһиэхэ эмиэ сөбө суох, ол оннугар Таҥараҕа махтана сылдьыҥ.
-
-
-
|Efesios 5:5| Эһиги биири билиэхтээххит: ханнык да содур, кирдээх биитэр иҥсэ-обот киһи (иҥсэ киһи эмэгэккэ сүгүрүйэр) Христос уонна Таҥара Саарыстыбатыгар киирэр кыаҕа суох.
-
-
-
|Efesios 5:6| Эһигини ким да көлдьүн тылынан албыннаабатын; бас бэриммэт дьоҥҥо ити инники этиллибит аньыы-хара иһин Таҥара уора-кылына түһэр.
-
-
-
|Efesios 5:7| Онон кинилэргэ кыттыһымаҥ.
-
-
-
|Efesios 5:8| Хаһааҥҥыта эрэ эһиги хараҥа этигит, оттон билигин Айыы Тойону итэҕэйэҥҥит, эһиги сырдык буоллугут, онон сырдык оҕолорунуу олоруҥ,
-
-
-
|Efesios 5:9| тоҕо диэтэххэ, бары үчүгэйи-үтүөнү, көнө быһыыны уонна кырдьыгы Тыын #441 үөскэтэр.
-
-
-
|Efesios 5:10| Таҥара тугу сөбүлүүрүн билэргэ кыһаллыҥ,
-
-
Portugués
Italiano
Español
Inglés
Francés
Arábica
Mandarín
Hindi
Alemán
САҤА КЭС ТЫЛ
