-
|2 Timoteo 2:1| Онон, уолум, Христос Иисус көмөтүнэн Таҥара илгэлээх үтүөтүттэн күүс ылан бөҕөргүү сырыт.
-
-
-
|2 Timoteo 2:2| Элбэх туоһу ортотугар миигиттэн тугу истибиккин атыттары үөрэтэр кыахтаах, эрэллээх дьоҥҥо тириэрт.
-
-
-
|2 Timoteo 2:3| Иисус Христос бэриниилээх буойуна буоларыҥ быһыытынан, суолбутугар тоһуйар ыарахаттары тулуйарга бэлэм буол.
-
-
-
|2 Timoteo 2:4| Сэриилэһэ сылдьар киһи күннээҕи үлэнэн-хамнаһынан дьарыгыра сатаабат; буойун санаата биир: хайдах эмэ гынан тойонум санаатын таптарбын;
-
-
-
|2 Timoteo 2:5| итиэннэ ханнык да бэйэлээх бөҕөс, күрэхтэһии быраабылатын кэһэр буоллаҕына, бириискэ тиксибэт;
-
-
-
|2 Timoteo 2:6| хара көлөһүнүн тоҕон туран үлэлиир бааһынай бурдугун үүнүүтүттэн ким-хайа иннинэ амсайыахтаах.
-
-
-
|2 Timoteo 2:7| Бу этэрбин толкуйдаан көр. Айыы Тойон эйиэхэ тугу барытын өйдүүр кыаҕы биэриэҕэ.
-
-
-
|2 Timoteo 2:8| Мин иһитиннэрэр Евангелиебар этиллэринэн, өлбүттэртэн тиллибит Иисус Христоһу, Давид Удьуорун, өрүү өйдүү-саныы сырыт.
-
-
-
|2 Timoteo 2:9| Евангелие туһугар мин бу билигин түөкүн кэриэтэ бохсуллан олоробун, оннук эрэйи көрөбүн; ол эрээри Таҥара тылын бохсор кыаллыбат!
-
-
-
|2 Timoteo 2:10| Дьэ ол иһин Таҥара талбыт дьонун туһугар, кинилэр эмиэ Христос Иисустуун биир буолан быыһаналларын, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт килбиэннээх сырдыкка тиксэллэрин туһугар, мин тугу барытын тулуйабын.
-
-
Portugués
Italiano
Español
Inglés
Francés
Arábica
Mandarín
Hindi
Alemán
САҤА КЭС ТЫЛ
